Тээнэ нэһилиэгэр Ѳрѳспүбүлүкэтээҕи Олоӊхо декадатын чэрчитинэн сэтинньи 25 күнүгэр сэргэх тэрээһин буолан ааста. Ол курдук тэрээһиӊӊэ кытта кэлбит ыалдьыттары биллиилээх фольклорист, эбэӊки фольклорун толорооччу, айааччы Прокопий Николаев кыыһа Зоя Николаева эбэӊкиилии сиэринэн-туомунан айах тутан кѳрүстэ.
Тэрээһиӊӊэ Тээнэ култуура дьиэтин үлэһитэ Полина Николаева 1990 сыллаахха «һиттээнэй Бухатыыр» олоӊхотун испэктээгин хайдах туруоруллубутун туһунан ахтыы быһыытынан олус бэрткэ кэпсээн дьон болҕомтотун тарта. Бү испэктээги ол саҕана фольклорист Прокопий Николаев тэрийбит бѳлѳҕѳ Иван Габышев, Ирина Дивдевилова, Марта Габышева, Владимир Николаев буолан кѳрдѳрбүттэр.
Бу бѳлѳх тутаах дьонун туһунан оҕолоро ахтыы оӊорон презентация кѳрдѳрдүлэр. Зоя Прокопьевна аҕатын Прокопий Егорович түһүнан бэрт интириэһинэй ахтыы оӊордо. Бу курдук ахтыылар эбэӊки культурата ону тэӊэ саха улуу олоӊхотун туһунан ѳйдѳбүллэрин эдэр ыччакка иӊэрэр, билиһиннэрэр соруктаах буолаллара кэрэхсэбиллээх.
Салгыы кѳрѳѳччүлэр түѳлбэлээх ырыа айааччылар айымньыларын толоруутугар күрэҕи кѳрѳн-истэн дуоһуйдулар. Манна Прокопий Николаев, Иван Габышев ырыалара уонна Ирина Дивдевилова репертуарыттан сэдэх айымньылар эбэӊкииилии толорулуннулар. Автордар Капиталина Трынкина, Наталья Трынкина уонна Виктор Мальчекитов бэйэлэрин ырыаларын ыллаан сэргэхситтилэр.
Күрэххэ кыттыбыт дьоӊӊо автордар аймахтара уу харчыннан бэртээхэй бириистэри туттардылар. Күрэх кыайыылааҕар Капиталина Егоровнаҕа Прокопий Николаев оҕолоро 7500 солкуобайы анаатылар. Иккис миэстэҕэ тиксибит Наталья Трынкинаҕа Иван Габышев оҕолоро анал бириистэрин 5000 солкуобайы туттардылар. Үһүс бочуоттаах миэстэни ылбыт Виктор Мельчикитовка Ирина Дивдевилова оҕолорун 4000 солкуобайдаах бирииһэ тигистэ. Биэс кыттыбыт толорооччуларга Прокопий Егорович оҕолоруттан иккилии тыһыынча солкуобай анал бириистэр туттарылыннылар. Күрэххэ кыттыбыт дьон үѳрэн-кѳтѳн сүргэлэрэ олус кѳтѳҕүлүннэ. Кѳрѳѳччүлэр тэрээһинтэн сүрдээх астынан тарҕастылар.
Тэрийээччилэр кыттааччыларга уонна күрэҕи үбүлээбит ытык-мааны дьонноругар барҕа махталларын тиэрдэллэр.
Мария Ларионова.