Поэтическая страница. Александр Филиппов

Александр Филиппов

Хотуурбун уулата,

Күөх оту сайгыта

Астыгыан эппэлии

От охсор сэлэлии…

 

Эһиэкэй тылларын,

Бэдьэрэҥ үҥкүүтүн

Хотуурум элийэ

Дьүһүйэр суол тэлэ.

 

Сэбирдэх сипсиэрин

Иһиллии иһийэн

Ол дьикти сүүрээнин

Сөрүүкүү иҥэрэн

 

Кыыс- хотун хатыҥҥа

Уоскулаҥ буларым —

Суугунас суһуоҕар

Куустара тааларым.

Аарыма бэскэ бэркэ сэргии

Кэлэрим дьылҕабар ааттаһа,

Мөҥүөн үйэтин дьолун ирдии

Кини турар, халлааҥҥа харбаһа.

 

Толооҥҥо чэлгийэ үүммүккүн,

Сир ийэ сиэдэрэй бэлэҕэ,

Кэлбэт ини эмэн күһүнүҥ

Үйэлээх күөххүн күөйэр кэмэ?

 

Билэбин , хас сыл түөрт кэмнэрин

Көрсөҕүн кырдьыбат мөссүөннээх,

Куйаастар, чысхааннар кимнэрин

Тулуйар туллубат мөккүөрдээх.

 

Доҕоттоор, бу сырдыыр бэс мастыы

Булгуйбат санаалаах буолуохха,

Киһиэхэ бэриллэр күн айыы

Үйэлээх кэрэтин туойуохха.

Читайте дальше