Тохсунньу 18 күнүгэр улуу бэйиэт Вениамин Павлович Миронов 90 сааһыгар аналлаах «Мөрүөнэп ааҕыылара» бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Биллэрин курдук бэйиэт төрөөбүт түөлбэтигэр Бастакы Нөрүктээйи нэһилиэгэр. Нэһилиэк дьоно сомоҕолоһон олус кыһамньыылаахтык көрсүбүттэрэ. Кыттааччы элбэҕэ уонна кыһамньыылаахтык бэлэмнэммиттэрэ тэрээһин таһымын туоһулуур.
Тэрээһини иилээн саҕалаан, олус бэрткэ тэрийбит дьоҥҥо, чуолаан Раиса Уйгуроваҕа, Раиса Лаверноваҕа «Чароит» улуустааҕы суруйааччылар түмсүүлэриттэн истиҥ махталбын тиэрдбин. Бу сыл Өлүөхүмэ дьонугар Төрүт тылынан биллэриллибитэ. Биллиилээх киһибит үтүмэн сааһын бэлиэтиир улууспутугар Төрөөбүт тыл сылын саҕалаабыта ураты бэлиэ.Бу курдук тэрээһиннэр салгыы саргылыахтара, тэтимнии тэлэһийиэхтэрэ дьиэн эрэнэбин.
Мария Ларионова, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ,
Өлүөхүмэ суруйааччыларын түмсүүтүн салайааччыта.