Грипп уонна ОРВИ ыарыылар тустарынан сырдатыы

Аан дойду доруобуйа харыстабылын түмсүүтүнэн, грипп ыарыыларыттан элбэх ахсааннаах киhи ыалдьар, ордук кыра оҕолор уонна кырдьҕастар ыараханнык ыалдьаллар. Урукку сылларга грипп ыарыыларыттан элбэх киhи оhол суолланар этэ, вакцинация уонна эмп суоҕуттан ол кэмнэргэ.

ОРВИ – сытыы салгын вируснай инфекциялара, клиникатынан уонна морфологиятынан биир тэн ааттаах, аан дойду үрдүнэн саамай тарҕаммыт ыарыы көстүүтүнэн биллэр, вируснай инфекция кэмигэр эмтэммэтэҕинэ улахан киhи эбэтэр оҕо кэлин бактериальнай инфекциянан сыстыан сөп.

Грипп — сытыы салгын вируснай инфекциялар састааптарыгар киирсэр. Грипп – сытыы инфекционнай тыынар уорганнар ыарыылара, грипп вируhа бу ыарыыны үөскэтэр. Аан дойдуга биир кэминэн грипп эпидемиялара уонна пандемиялара буолан ааhаллар. Билинни кэмҥэ 2000 тахса грипп көрүннэрэ бааллар, кинилэр уратылара антигеннай спектрдарыгар.

«Грипп» ыарыынан сороҕор атын сытыы салгын вируснай инфекцияларын аатыыллар, холобура бүгүннү күҥҥэ грипптан атын өссө 200 тахса атын салгын инфекцията баара биллэр, ол курдук аденовирус, риновирус, респираторно-синцитиальнай вирус, реовирус, парагрипп, уонна даҕаны атыттар бааллар.

Грипп аан дойдуга наука чинчийии этэринэн 16 уйэттэн баара биллэр. Историческай справкаттан грипп биллэн ааспыт инфекцията: аан дойду урдунэн 1889-1890 сылларга грипп Н2N2 ыарахан эпидемията ааспыта, 1900-1903 сылларга грипп Н3N2 эпидемията, 1918-1919 сылларга грипп Н1N1 ыарахан пандемията – «испанский грипп», 1957-19ҕ8 сылларга грипп Н2N2 ыарахан пандемия «азиатский грипп», 1995-2009 сылларга грипп НҕN1 спорадическай случайдара «птичий грипп», 2009-2010 сылларга грипп Н1N1 «свиной грипп» пандемията.

Грипп вируhа аан бастаан 1930 сыллаахха арыллыбыта. Грипп вируhа Оrtomyxoviridae дьиэ кэргэнигэр киирсэр, ол иhигэр Influenza A, B, C аймах, үс подтип НА (Н1, Н2, Н3), икки подтип NA (N1, N2) бааллар.

Грипп инфекциятын сэрэтиигэ вакцинацияны аан дойду элбэх судаарыстыбалара, ол иhигэр АХШ, Евросоюз, оҕону 6 ыйыттан саҕалаан вакцинация туруорарга көҥүл биэрэллэр, туруннаах доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ыйааҕынан.

Грипп уонна ОРВИ ыарыыларынан араас саастаах дьон ыалдьыан сөп. Атын ыалдьыбыт киhиттэн сысталлар дьоннор, вирус ордук сөтөлтөн, ытырдыыттан сыстар. Ыалдьыбыт киhи сыстыбыт кэмиттэн, биир чаастан саҕалаан, 1 нэдиэлэҕэ тиийэ сыhыарааччынан буолуон сөптөөх. Грипп түргэнник тарҕанар, ыалдьыбыт киhи силиттэн, силииhиттэн, эпидемия чэрчитинэн. Грипп А көрүнүн эпидемията 2-3 сыл ахсын буолан ааhар аан дойду үрдүнэн, онтон грипп В көрүнэ 4-6 сыл ахсын кэлэн биллэн ааhар. Грипп эпидемията сүрүннээн күhүн уонна кыhын буолан ааhар. Улаханнык грипп ыарыытыгар оҕолор, кырдьаҕас дьон, беременнай дьахтар, хроническай сүрэх уонна тына ыарыылаахтар ордук ыалдьаллар. ОРВИ ыарыыта сыл бары эйгэтигэр көрүннэригэр буолан ааhыан сөп — саас, сайын, күhүн, кыhын.

ОРВИ уонна грипп вирустарыгар киhигэ киирэр аанынан буолар мурун, трахея, бронха мерцательнай эпителийа, итиннэ киирэн вирус ордуктук элбиир, салгыы хаанна киирэн тарҕанар, токсическай содулу үөскэтэр, температура үрдүүр, озноб, төбө уонна былчын ыарыыта, араас вторичнай инфекциялар киириэхтэрин сөп.

Грипп инкубационнай кэмэ аҕыйах чаастан үс күҥҥэ тиийэ, ыарыы күүстээҕэ чэпчэки уонна ыарахан көрүннэриттэн арахсар, температура ордук 40 С кыраадыска тиийэ тахсар, төбө ыарыыта күүhүрэр, сылайыы, утуйуу 3-4 күн кэринэ буолар, мурун сыыннанар, сотол киирэр, туос кэннэ күүскэ ыалдьар. Грипп ыарахан көрүнүгэр мэйии отега, хаан синдрома, эбии иккис бактериальнай инфекция организмҥа киириитэ буолуон сөп.

Араас ыарахан ОРВИ, грипп содулугар киирсэллэр тына көрүннэрэ, бактериальнай бронхопневмония, БОС, тына абсцеhа, эмпиема, уонна ОРДС. Грипп өссө ринит, синусит, отит, мастоидит, менингит, энцефалит, менингоэнцефалит, неврит, ИТШ, миокардит, артрит курдук ыарыыларга тиэрдиэн сөп, эмтэммэтэххэ.

Грипп ыарыытыттан бастакы вакцинация аҕа дойду сэриитин кэмигэр СССР-га оҥоhуллубута, уонна саллааттарга туттуллубут. Грипп ыарыытын кэмигэр элбэх ууну иhиэхтээх киhи, чөл доруобай олоҕу тутуhуохтаах.

Грипп ыарыытын противовируснай эмтэринэн эмтииллэр. Нейроаминаза ингибитордара: тамифлю, арпефлю. М2 ингибитордара амантадиннар: римантадин, амантадин препараттар. Иммуноглобулиннар: гамма-глобулин, сывороточнай полиглобулин. Интерферон препараттара: гриппферон, кипферон, виферон, генферон, тилорон, ингарон, реаферон-ес, циклоферон, кагоцел, ингавирин. Симптоматическай эмтэнии көрүннэринэн буолаллар: мурун ыарыытын эмтэрэ уонна сотол утары эмтэр. Витамин С оруола уонна суолтата олох кыра грипп уонна ОРВИ ыарыыларын эмтээhинигэр, аҕа дойдубут наукатын уонна үөрэҕириитин этиитинэн 10 % дьон эрэ ыалдьымыан сөп бу витамин С иhэр буоллаҕына.

Дьоннор бастакы грипп симптомнара баар буоллахтарына, түргэнник участковай терапевт бырааска көрдөрүөхтээх, онтон оҕо ыалдьыбыт буоллаҕына участковай педиатр быраас эбэhээт көрүөхтээх уонна эмтэниини аныахтаах. Быраас көрөн баран, анализтарга ыытар, хаан уонна тымыр анализтарыгар, рентген бронха уонна тына гиэнэ, рентген мурун пазухаларын гиэнэ, хаанна вируhу булуу ИФА, ПЦР аналиhыгар.

ВОЗ профилактика этэринэн, вакцинация грипп утарыта, сэрэтэр улэҕэ улахан туhалаах, көдьүүстээх, суолталаах. Тыыннаах, инактивированнай, субъединичнай вакциналар бааллар. Вакцинация нэhилиэнньэҕэ барыларыгар суолталаах уонна оруннаах буолар.

Грипп ыарыыттан куттаныман, сэрэтии үлэтэ барар, чөл доруобай олоҕу тутуhун, вакцинация уонна грипп ыарыы утары эмп баар. Вакцинация – грипп ыарыыны эрдэ сэрэтэр үлэ, саамай куттала суох процедура, улахан суолталааҕа аан дойдуга биллэр, грипп утары вакцинанацияны норуот ылыахтаах эбэhээт.

Заведующий инфекционным отделением ГБУ РС(Я) Олекминская ЦРБ Заморщиков И.К.

Читайте дальше