Ыам ыйын сүүрбэ тохсус күнүгэр биһиги бырааппыт, убайбыт Миронов Афанасий Егорович күн сириттэн барбыта түөрт уон хонугун туолар.

Миронов Афанасий Егорович от ыйын бастакы күнүгэр тыһыынча тоҕус сүүс биэс уон тоҕус сыллаахха Токо сэлиэнньэтигэр Өлүөхүмэ оройуонугар төрөөбүтэ.

Оҕо сааһа төрөөбут Дьаарханын сиригэр ааспыта. Тыһыынча тоҕус сүүс алта уон сэттэ сыллаахха Токо орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Оскуоланы бүтэрэн баран Токо совхозка Дьаархан отделениятыгар субай сүөһүнү көрөөччүнэн үлэлии киирэр. Ол кэнниттэн оҕо тэрилтэтигэр детсадка үлэлиир. Бу тэрилтэҕэ үлэлээбит ыстааһа — отут биэс сыл үлэлиир кэмигэр бэйэтин эппиэтинэстээх, толоругас үлэһит быһыытынан көрдорбүтэ. Бу үлэтэ сыаналанан Российскай Федеральнай грамоталарынан наҕараадаламмыта. «Үлэ ветераана» буолбута.

Афанасий Егорович детсадка үлэлиир кэмигэр биир эрэ көлүөнэ оҕоҕо буолбакка, элбэх көлүөнэ оҕоҕо «Дядя Афоня» ааты ылбыта. Бэйэтэ майгытынан олус сэмэй, чиэһинэй, наһаа элэккэй, ис санаатынан сып-сырдык, хайдах эрэ туох эрэ сылааһынан сыдьаайар, ис киирбэх диэн ахталлар саныыллар детсадка сылдьыбыт оҕолоро, бииргэ улэлээбит коллегалара.

Чугас дьонугар сыһыана олус истиҥ. Оҕолорун-сиэннэрин сонуннарын истэн олус үөрэрэ, мэлдьи кэллэххэ кыра сиэн-аймахтарыгар кэһии тутуурдаах буолара, оҕолорун ситиһиилэриттэн олус истиҥҥик үөрэрэ, сураһара, интириэһиргиирэ.

Биһиэхэ өйбүтүгэр санаабытыгар үтүө эрэ өйдөбүлү хаалларан, сүрэхпитигэр сөнөн хаалыа куруутун.

Эйиэхэ Афоня уһун уугар сымнаҕастык утуйаргар төрөөбут дойдун буора сымнаҕас тэллэх, алаас суорҕан буоллунар. Быдан дьылларга быраһаай биһиги күндүтүк саныыр бырааппыт, убайбыт.

Ыарахан кэмнэрбитигэр күүс-көмө буолбут дьоммутугар Афоня бииргэ үлэлээбит коллективыгар, бииргэ үөрэммит оҕолоругар, табаарыстарыгар, Дьаарханын дьонноругар махтанабыт. Бары этэҥҥэ буолун.

Эн эдьиийдэрин, балтын аймах – билэ дьоннорун.

Икки тыһыынча суурбэ түөрт сыл ыам ыйын сүүрбэ түөрт күнэ.