Өлүөхүмэбитигэр бу сыл төрүт тыл сылынан биллэриллибитин туһунан суруйан турабын. Бу сыл чэрчитинэн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр улуустааҕы культуура салалтатын уонна нэһилиэктэр библиотекаларын ситимниир оройуон библиотекатын өйөбүллэринэн «Аанньаах хочотугар көмүс күһүн» диэн саха тылынан суруйар хоһоонньуттар күрэстэрин тэрийэн ыыттыбыт.
Бу күн төһө даҕаны сарсыардаттан саппарахтаатар, көмүс дуйунан симэммит Аанньаах хочото, мустан сэлэһиҥ, кэпсэтиҥ диэн угуйа ыҥырар саха балаҕана, дьон кэлбититтэн үөрэн тыһыгырыы умайар көмүлүөк барахсан сылааһынан илгийэн киһи эрэ санаата өрө күүрүөх түгэнин үөскэттилэр.
Тэрээһин алгыһынан саҕаланна. Сунтаартан төрүттээх истиин-тастыын сахалыы куттаах Изабелла Михайловна Габышева, оройуон сахалыы тылынан суруйар дьон «Алтан сэргэ» диэн литературнай түмсүү салайааччыта сахабыт тыла сүппэтин, симэлийбэтин, силигилии сайыннын, ол туһугар бука бары бииргэ үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ диэн алҕаан туран арыылаах, сыалаах алаадьынан Аал уоту айах тутта, дьөһөгөй сиэлинэн сыт таһаарда.
Дьэ бу курдук, саха тыыныгар иилии куустаран, өбүгэ үгэһигэр суулуу туттаран төрүт тылынан айар — тутар дьҕуруру арыйар күрэспит саҕаланна.
Күрэскэ Кыыллаахтан — 4, Бастакы Нөөрүктээйиттэн — 2, Троицкайтан — 1, барыта 7 хоһоонньут кытынна.
Күрэс 4 түһүмэхтээх буолла. Кыттааччылар бука бары даҕаны сатабыллаахтык илин-кэлин түһүстүлэр. Ким эрэ «4 строкаҕа», ким эрэ уун утары көрөн турар киһини тута хоһуйууга, ким эрэ нууччалыыттан тылбааска чорбойдо. Күрэс аата күрэс — түмүк бу курдук буолла: 3-с миэстэни Л.П. Александрова (Өлүөхүмэ куорат 7-с нүөмэрдээх оскуола-интернат иитээччитэ) уонна О.В. Баишева (Кыыллаах оскуолатын учуутала) үллэһиннилэр, 2-с миэтэҕэ А.С. Корнилова (Кыыллаах оскуолатын саха тылын, литературатын, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор учуутала) тигистэ, бастаан «Кылаан-чыпчаал» ааты сүктэ С.М. Захаров (саха тылын учуутала идэлээх, Даппарай олохтооҕо).
Кыттыбыттарга уонна тэрийээччилэргэ культура салалтата улууспут историятын кэрэһэлиир кинигэлэри туттартаата.
Бырайыак ааптара буоларбын туһанан, мин эмиэ тэрээһиҥҥэ кэлбиттэргэ бука барыларыгар «Аанньаах хочотугар көмүс күһүн — 2024» диэн түөскэ кэтиллэр өйдөбүнньүк бэлиэ туттартаатым. Бу бэлиэлэрбин Дьокуускай куоракка олорор бэйэм үөрэнээччим А.Н. Корнилов макетын оҥорон, элбэтэн, түргэтэтэн көмөлөстө, түгэни туһанан Альберт Николавичка махталбын тириэрдэбин.
Күрэс түмүгүнэн хомуурунньук бэчээттэнэн тахсар буолла. Кыттыбыт хоһоонньуттар 2-лии хоһоонноро, 3-с миэстэлээхтэр — 5-тии, 2-с миэстэлээх — 7, бастаабыт — 10 хоһоонноро киириэ диэн улуус культуратын салалтатын начальнигын солбуйааччыта М.Д. Ларионова үөрдэ иһитиннэрдэ. Маны таһынан, күрэс кыттыылаахтара бука бары «Алтан сэргэ» литературнай түмсүүгэ киирдилэр.
Тэрээһини хара маҥҥайгыттан сөпсөһөн барылын оҥорсубут оройуон культураҕа салаатын салайааччытыгар А.В. Кубрякка, оройуон библиотекатын дириэктэригэр А.В. Хачатрянҥа, тэрийэн ыытарга үлэлэспит бөлөххө: оройуон культураҕа салаатын салайаачытын солбуйааччытыгар М.Д. Ларионоваҕа, оройуон саха тылын учууталларын МТ салайааччытыгар Р.И. Уйгурова, «Алтан сэргэ» литературнай түмсүү салайааччытыгар И.М. Габышеваҕа, 1Нөөрүктээйи библиотекатын сүрүн библиотекарыгар О.И. Роева, Кыыллаахтааҕы «Алгыс» культура киинин дириэктэригэр Л.Е. Даниловаҕа махталбын тириэрдэбин, айар үлэ үллэ, үксүү турдун, төрүт тылбыт төлкөтө түстэннин! Сүппэккэ, симэлийбэккэ үүнэр, сайдар дьылҕатыгар күүс, көмө буолуоҕуҥ!
Р.Е. Лавернова, СӨ культуратын уонна үөрэҕириитин туйгуна,
«Аанньаах Хочотугар көмүс күһүн» бырайыак ааптара.