Алтынньы ый 13 күнүгэр 2-Нөөрүктээйи пенсионердарын бөлөҕө, аҕам саастаах дьоҥҥо анаммыт нэдиэлэни түмүктүүр тэрээһиҥҥэ 1-Нөөрүктээйи нэһилиэгин музейдарын көрөн кэллибит.
Бастаан Сахабыт Республикатын биир биллэр Ийэ-олоҥхоһутун Афанасий Егорович Соловьев музей-дьиэтигэр ыалдьыттаатыбыт. Хаһаайка Галина Михайловна биһигини наһаа аламаҕайдык көрүстэ. Музейы Афанасий Егорович оҕолоро ис сүрэхтэриттэн таҥан, инники кэлэр көлүөнэҕэ Саха сирин үс Ийэ-олоҥхоһуттарыттан биирдэстэрэ Афанасий Егорович олоҕо, айар үлэтэ, аата ааттана турарыгар сүҥкэн сыралаах үлэни оҥорбуттара көстөр.
Салгыы бөһүөлэк кытыытыгар турар Филиппов Александр Николаевич иилээн-саҕалаан тэрийбит түмэлин дуоһуйа көрдүбүт. Манна биһиги оройуоммутугар, чопчу Нөөрүктээйи нэһилиэгэр, өбүгэ саҕаттан дьон хайдах туттан-хаптан, дьаһанан, ханнык тэриллэринэн, барамайдарынан туһанан олорбуттарын историятын кытта билсиһэргэ араас көрүҥэр, бөлөҕөр тиийэ маллара баар. Түмэл наһаа элбэх экспонааттааҕа, матырыйааллааҕа киһини сөхтөрөр. Биһиги итини барытын ис сүрэхтэн кэрэхсии, астына көрдүбүт, иһиттибит.
Ол кэннэ Александр Николаевич наһаа кэрэ айылҕалаах Тымныы Уулаахха саҥа тутуллубут базаны көрдөрдө. Биһиги бу күн элбэҕи билэн-көрөн дуоһуйа сынньанныбыт.
Түмүкпэр нэһилиэк пенсионердарын аатыттан махтаныа этим, маннык дириҥ ис хоһоонноох билсиһиини тэрийбиттэргэ, чуолаан Ульяна Мефодьевнаҕа. Онтон 1-Нөрүктээйи олохтоохторугар баҕарыа этим нэһилиэккит түмэллэрэ өссө сайда, экспонаттара, матырыйааллара кэҥии туралларыгар. Түмэл тэрийээччилэрэ дьон туһугар, кэлэр үүнэр көлүөнэлэргэ туһалаах буоларын өйдөөн, сөптөөхтүк ылсыһан үлэни саҕалаабыттара олус хайҕаллаах. Ону нэһилиэк салалтата өйдөөн, барытын сатабыллаахтык дьаһанарга Александр Николаевичка бэйэлэрин өттүттэн көмөлөһөллөрө буоллар диэн мин эрэ буолбакка бу түмэллэри көрбүт-истибит дьон барыларын баҕа санаата буолуо диэн түмүктүөҕү баҕарыллар.
Дария Романовна Куприянова.
Иккис Нөрүктээйи олохтооҕо.