В.П. Миронов – поэт-самородок, яркий цветок  поэзии,       

                                                 пылающий на фоне сурового белого Севера.

                                                                                                                              Семён Петрович Данилов.

«Сэргэх хоһооннордоох,

Ыллам ырыалардаах,

Сүрэҕи үөрдэр

Алгыс тыллардаах

Сэгэлдьийэ Чээлэйгэ ис сүрэхтэн. Ааптар Александр Бири» диэн илии баттааһыннаах кинигэни Өлүөхүмэ 1-кы Нөөрүктээйититтэн бэлэх тутан үөрбүтүм.

Кинигэҕэ 2021 сыл бэс ыйын 27 күнэ бэлиэтэммит. Кинигэ аата «Это всё о нём. Вениамин Миронов» диэн. 2021 сыллаахха «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар 30 ахсаанынан нууччалыы, сахалыы тылынан бэчээттэммит. Кинигэ ааптара — Александр Николаевич Филиппов-Бири, эрэдээктэрэ — айар үлэ абылаҥар ылларбыт Максим Васильевич Ксенофонтов. Иккиэн айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар буолан, кинигэ  тутулун суруйуулары ис хоһооннорунан көрөн кичэллээхтик ис санааларыттан сааһылаан, ааҕааччы бу таһаарыыны сэргээн, сэҥээрэн, умсугуйан ис-иһиттэн тартаран ааҕарын ситиспиттэр.

Кинигэҕэ киирбит 36 ахтыыттан Веня, Вениамин Мироновы киһи, бэйиэт быһыытынан билсэбит. Онуоха суруйааччы олоҕун туһунан урут ханна да суруллубатах түгэннэр киирбиттэрэ ордук кэрэхсэбиллээх.

Онон Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Кыым» норуот хаһыатын уонна «Олёкма» улуус хаһыатын тастан кэрэспэдьиэнэ, , кыраайы үөрэтээччи, бэйиэт, публицист, дьону тэрийээччи, көҕүлээччи Александр Бири туһааннаах кинигэтигэр суруйааччы Вениамин Миронов туһунан дьонугар-сэргэтигэр дьоһуннаахтык билиһиннэрбит.

Кини  аҕата Николай Иннокентьевич Филиппов уонна Вениамин Миронов ийэтэ Анна Иннокентьевна Филиппова бииргэ төрөөбүттэр эбит.

Александр Бири убайын туһунан маннык кэпсиир:

— Саха биллиилээх, сүүрбэһис үйэ биир талааннаах бэйиэтэ Вениамин Павлович Миронов 1934 сыллаахха оччотооҕу 1-кы Нөөрүктээйи нэһилиэгин Дабаан дэриэбинэтигэр учууталлар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Бастакылара төрөөт даҕаны төннүбүтэ.

1952 сыллаахха, 2-с Нөөрүктээйи орто оскуолатын бүтэрээт, учуутал институтугар саха салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1956  сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, Булуҥ улууһугар тиийэр. Онно икки сыл үлэлээн баран, дойдутугар 1-кы Нөөрүктээйигэ кэлэн 1958- 1968 сылларга учууталлаабыта. Онтон кэлин Дьокуускайга  араадьыйа кэмитиэтигэр уонна «Эдэр коммунист» хаһыакка үлэлээбитэ.

1989 сыллаахха, баара эрэ 56 сааһыгар, бу Орто дойду олоҕуттан туораабыта. Бэйиэт быһыытынан талаана арыллан, ситэри прозаҕа холонон «Тыа барахсан» диэн кинигэни таһаартаран ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылан турар.

Барыта , нууччалыы тылбаастаммыттыын, уон кинигэлээх, тоҕуһа — хоһоон кинигэлэрэ. Итиннэ даҕатан, «Поэт Вениамин Миронов «Эдэр коммунист» хаһыаттан куорсун анньыммыта. «Саҕаһа», «Булчут кутаата»,  «Ырыа-хоһоон»,  «Хаарга үүммүт сиибиктэ» диэн хоһооннорун хомуурунньуктара тахсыбыттара. Нуучча ааҕааччыларыгар поэт айымньылара  «Юность», «Молодая гвардия», «Огонёк» сурунаалларынан, ону тэҥэ «Истоки», «Поэзия», «Вдохновение» диэн альманахтарынан, «Литературная Россия» уонна «Литературная газета» хаһыаттарынан, «Современник» издательствоҕа тахсыбыт кинигэлэринэн тиийбиттэрэ» диэн Сэмэн Тумат 2014 сыллаахха «Чолбон» сурунаал 1-кы нүөмэригэр тахсыбыт ахтыытыттан ойо тутан этэр тоҕоостоох.

Александр Бири бастаан Вениамин Мироновка көҕүйэн хоһоон суруйуутунан дьарыктаммыт эбит. Ол даҕаны быһыытынан кини айар үлэ аргыстаах, уус-уран айымньы кынаттаах убайа Уран сурук  киэҥ дуолугар өрө көтөн тахсыытын туһунан бар дьонугар кэпсиир, суруйар уонна тарҕатар бигэ санааны ылыммыт. Ол санаатын толорон  «Күрүлгэн» сурунаалга убайын туһунан ахтыы уонна икки кэпсээн, хоһооннорун бөлөхтөрүн таһаартарбыт.

Дьэ, ити кэннэ, санааларын түмэн, Вениамин  Миронов аатын үйэтитээри, суруйааччы түмэл дьиэтин сөргүтэн тэрийбиттэр.

Ол  туһунан ыйыппыппар Александр Бири маннык ахтар:

— Бэйиэт өлбүтүн кэннэ кэргэнэ Анна Дмитриевна Слепцова-Туобу Аана уонна доҕотторо, аймахтара бэйиэт дойдутугар өйдөбүнньүк түмэл дьиэни туттаран аатын үйэтитэн тураллар. Бу дьиэ 1993 сыллаахха күһүн хойут тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Онтон 1994 сыллаахха Вениамин Миронов 60 сылыгар үөрүүлээхтик арыйыы сиэрэ-туома буолбута. Онно суруйааччылартан Николай Босиков, Николай Рыкунов, араадьыйа үлэһитэ Николай Максимов, хаартыскаҕа түһэрээччи Терентий Халыев кэлбиттэрэ.

Ол эрээри, аҕыйах сыл буолаат, түмэл дьалаҕай сыһыан содулуттан эстибитэ. Инньэ гынан, түмэл дьиэтэ элбэх сыл тухары ардахха да хотторон, ититиитэ-сылытыыта  да быһыллан быраҕыллан турбута.

Суруйааччы түмэлэ бу курдук туруо суохтааҕын, суруйааччы Вениамин Миронов уонна кини кэргэнэ Анна Дмитриевна Слепцова-Туобу Аана сырдык ааттарын иннигэр бары түмэл туһугар эппиэтинэһи сүгэрбитин санатан  нэһилиэк урукку баһылыктарыгар этэ сатаан баран, тулуйарбын ааһан, быйыл, бэйиэт төрөөбүтэ 90 сыла ыган кэлбитигэр, түмэл оһоҕун абырахтаан, дьиэ ис өттүн сөхсүйэн, хаалбыт экспонаттарыгар эбии  мал-сал булан, бэйиэт Дьокуускайга олорор кыыһын Элла Вениаминовнаны уонна быраатын Валентин Павловиһы көмөлөһүннэрэн биир сыл үлэлэһэн чөлүгэр түһэрдим.

Вениамин мындыр булчут этэ. Элбэх түүлээҕи үллүктүү сатаабакка үксүн кырдьаҕас булчуттар бултуур ньымаларын үөрэтэрэ, хоһоонноро барыта кэриэтэ булт, айылҕа туһунан буолара. Байааҥҥа, хормуоскаҕа, балалаайкаҕа оонньуура, олус бэркэ ыллыыр этэ. Сөҥ, дорҕоонноох, баритон диэххэ дуу, куоластааҕа.

Билигин бу түмэлгэ киирбит киһи ол туһунан барытын илэ көрөн билэр кыахтанна.

Онон бэйиэт кыыһыгар, быраатыгар муҥура суох махталбын биллэрэбин.

Итинник дьаһаныы-тэринии баран, билигин, туох да кыбыстыыта суох, суруйааччы түмэлин дьоҥҥо билиһиннэрэр кыахтанныбыт.

Даҕатан эттэхпинэ, Өлүөхүмэ улууһун 1-кы Нөөрүктээйитэ, Саха сиригэр эрэ буолбакка, киэҥ Арассыыйа үрдүнэн бүтүн 4 түмэллээх соҕотох нэһилиэк буолла! Хайа даҕаны сир-дойду ааспыт олоҕун кэрэһилиир туоһутунан түмэл буолар.

Чахчы, Александр Бири киэн туттуон туттар.

Ол курдук, Өлүөхүмэ улууһун 1-кы Нөөрүктээйи нэһилиэгэр бааллар: кыраайы үөрэтэр «Нэһилиэк тыыннаах туоһута» түмэл,  биллиилээх олоҥхоһут Афанасий Егорович Соловьев-Соһуга аналлаах түмэл, оскуола кыраайы үөрэтэр түмэлэ уонна Вениамин Павлович Миронов аатынан уран сурук түмэлэ.

Вениамин Миронов хоһооннорун ааҕа олорон Вера Фёдоровна ахтыытын санаан кэллим.

Вениамин ийэлээх аҕата Вераны, дьонуттан көҥүллэтэн, оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр бэйэлэрин кытта илдьэ олорбуттар эбит. Оччолорго ас-таҥас тиийбэт кэмигэр тыа дьоно төһө кыалларынан бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэр буоллахтара. Оттон икки учуутал сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри оскуола, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор кыттар кэмнэригэр оҕолорго кулгаах-харах буолар Вера көмөтө кэмэ суох буоллаҕа. Вера үс оҕоҕо  эбии төрдүс оҕонон эбиллэн, оҕолорго кинигэ ааҕан, остуоруйалаан олус бэркэ тапсан олорбуттар. Кини ордук чуолаан Веняны көрөр-истэр эбит. Ол кэмҥэ кырачаан Веня кыһыҥҥы түннүк кырыа оһуоругар араас тэҥнэбиллэри туттан хоһоонунан саҥарарын Вера олус да соһуйа, сөҕө истэрин ахтар. Ол курдук анаан-минээн бадьыыстаһарын иһин, син биир Арина Родионовна кэнэҕэс Александр Пушкин буолуохтаах кырачаан киһиэхэ сыһыаннаспытын курдук буоллаҕа, кинини кырачаан Веня ньээҥкэтин курдук ылыммыттар.

Вениамин эрэ хоһоонугар «Кырыалаах лабаанан далаһалаан тахсан, оол, күн мөлбөйөн олорор»,  киниэхэ эрэ «Хаар хагдарыйбат күөх, туналыйа көтөр араҕас буурҕа», хаар уонна кыһыл төлөн уобараһа Вениамин эрэ сүрэҕэр бииргэлэһэн сонуннук көстөн ааҕааччыны «Һык!» дэтэр. Кини Айыыһыттан көннөрү көрдөспөт —  кини «Айыыһытым, алгыы көрдөһөбүн» диир. Оттон  «Үүс хараҕын уота» хоһоонугар  «Ол көрүү кыл тыыннааҕы Арчылыыр ымыылааҕын» булчут буолан таба көрөр!

Дэлэҕэ даҕаны бэйиэт Николай Рыкунов  «Ленин суола» хаһыакка (19. 01. 1984 с) бэйиэт доҕорун туһунан «Кини сыа эбэтэр таас хампыат курдук айахха ууллар дьиктилээхэй уобарастара өбүгэ саҕаттан ууһаан тэнийбит Нөөрүктээйитин үрэхтэрин түбэлэригэр киис кыыл буолан кистэнэн үөскээтэхтэрэ…» диэн суруйуо дуо?

Бүтүүбэр, тус санаабар, Вениамин Миронов бэйиэт быһыытынан чопчутук уонна дьэҥкэтик арыллыбыт «Мин маҥан атым» диэн Семён Руфовка анаабыт хоһоонун киллэрэбин.

Сыспай сиэлэ – сырдык туман,

Чуор кулгааҕа – моҕол ураһа.

Куйаар кутуруга – тыаллаах кустук,

Чоруун туйаҕа – түөрт ала туллук.

Көрбүөччү хараҕа – хотугу сулуһум,

Көтөр кыната – имэҥнээх хомуһун.

Мэччийэр толооно – норуот сүрэҕэ,

Уйгулаах утаҕа – олох өрүһэ.

Муҥутуур мураана – айыахтаах поэмам,

Уорааннаах дьоруота – соргуга айан.

Онон бу түмэл суруйааччы, ССӨС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1984) Вениамин Павлович Миронов эһиил тохсунньу 18 күнүгэр 90 сааһын көрсө иккис тыынын ылла.

Бастакы түмэл арыллыытыгар кэлэ сылдьыбыт доҕоро Николай Босиков эппитинии, «Вениамин дойдутугар олоро, үлэлии» кэллэ. Кини дьонугар-сэргэтигэр иккистээн сүппэттии эргилиннэ.

                               И. И. Харайданова-Сэгэлдьийэ Чээлэй,

                               СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, учуутал.

 

«Кыым» хаһыат 47 нүөмэригэр 30.11.2023 с бэчээттэммитэ.