2024 сыл биһиги оройуоммутугар төрөөбүт тыл сылынан биллэриллибитэ. Бу дьаһал чэрчитинэн араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэрэ – “Төрөөбүт тыл уонна литература бастыҥ учуутала” Бүтүн Россиятааҕы күрэс муниципальнай түһүмэҕэ буолар.
Бу күрэс кыттыылаахтара икки күн Архыып Абаҕыыныскай аатынан Абаҕа орто оскуолатыгар күөн көрсөн, илин былдьастылар. Күрэс Бүтүн Россиятааҕы киэбинэн толору ыытылынна. Ол курдук, кыттааччылар методическай хаһаастарын билиһиннэрдилэр, уруогу, кылаас чаастарын уонна маастар-кылаастары көрдөрдүлэр.
Күрэс бастакы күнүгэр кыттааччылар методическай мастарыскыайдарын арыйдылар, онтон сүрүн түһүмэх – саха тылын, литературатын уруоктарын ыытыы буолла. Бары тус-туспа тиэмэлээх, ис хоһоонноох уруоктары учууталлар сэргэхтик ыыттылар.
Иккис күҥҥэ кылаас чаастарын уонна маастар кылаастары көрүү буолла. Дьэ манна көһүннэ саха тылын учууталлара айар талааннаах, араас аныгы технологиялары баһылаабыт дьон буолаллара. Кылаас чаастара биһиги дойдубутугар бүгүҥҥү күҥҥэ ордук суолталаах тиэмэлэргэ ананнылар. Ол курдук, “Саха сирэ – Геройдар дойдулара” (А.В. Сокорутов), “Доҕордоһуу дойдутугар айан” (А.П. Халыева), “Киһи бу олоххо анала” (П.Д. Николаева), “Доҕордоһуу диэн тугуй?” (А.А. Банчина) кылаас чаастара бэрт сэргэхтик аастылар.
Маастар-кылаастар билиҥҥи кэм учууталларын үөрүйэхтэрин, сатабылларын арыйан көрдөрдүлэр. Кыыллаах орто оскуолатын учуутала Айталина Аркадиевна Банчина “CapCut” сыһыарыынан ойуулугу оҥоруохха сөбүн баар дьону бэйэлэрин саҥардан, ону ойуулукка уган, итэҕэтиилээхтик быһаарда. Абаҕа орто оскуолатын учуутала Аграфена Павловна Халыева 4К ньыматын кылаас таһынааҕы үлэҕэ туттууну оҕолор олус сөбүлээн кыттар “Куолу” күрэстэрин холобуругар көрдөрдө.
Таарыйа бэлиэтээтэххэ, бу биһиги учууталларбыт айбыт, оройуоммутугар үгэс быһыытынан ыытыллар оонньуу быйылгы үөрэх сылыттан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллар буолар. Билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии киһи бэйэтин төрдүн-ууһун билиэхтээҕэ олох ирдэбилэ буолла. Бу хайысхаҕа төрөппүттэри түмэн хайдах үлэ ыытыахха сөбүн Хоро орто оскуолатын учуутала Полина Дмитриевна Николаева дьиэ кэргэттэр оҥорбут төрүччүлэрин холобуругар көрдөрдө. Оҕону олоӊхо эйгэтигэр киллэрии хас биирдии саха тылын учууталын ытык иэһэ. Маныаха учуутал бэйэтэ олоҥхолуур буоллаҕына, оҕо олоҥхону ордук чугастык ылынарын Уолбут ситэтэ суох орто оскуолатын учуутала Андрей Валерьевич Сокорутов олоҥхолоон доллоһутан итэҕэттэ, дьон-сэргэ биһирэбилин ылла.
Күрэс дьүүллүүр сүбэтигэр Өлүөхүмэ оройуонун үөрэҕириитин салалтатын начальнигын солбуйааччы Т.Н. Карташова, үөрэх салалтатын кадр отделын салайааччыта Л.А. Габышева, үөрэх салалтатын методическай отделын салайааччыта О.К. Габышева, саха тылын учууталларын оройуоннааҕы түмсүүтүн салайааччыта Р.И. Уйгурова, “Эврика” оройуоннааҕы гимназия директорын иитэр үлэҕэ солбуйааччы В.И. Лазарева үлэлээтилэр.
Абаҕа орто оскуолатын медиа-киинэ икки күн күрэс хаамыытын телеграм ханаал нөҥүө сырдатта (t.me/ychyytalabaga). Күрэс кыттыылаахтара оҕолор ыйытыыларыгар хоруйдаатылар, санааларын үллэһиннилэр.
Банчина А.А.: Учууталлаабытым 27 сыл буолла. Учуутал үлэтигэр араас ыарахан түгэннэр баар буолааччылар. Бастакы сылларга киһи ордук ыарырҕатар буоллаҕа, кэлин уопутуран иһэҕин. Бу кэлиҥҥи кэмҥэ аныгы сайдыыга сабырыйтаран, сахалыы тыллара-өстөрө мөлтөөбүтэ, ону көннөрө сатааһын буолар. Учуутал киһини иитэн таһаарар. Оттон саха тылын учууталыгар икки бүк ирдэбил турар – бүтүн норуот эстибэтин туһугар үлэлээһин.
Халыева А.П.: Билигин саха тылын үөрэтэргэ кыах баар, араас технологиялар бааллар, олор олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр кыаҕы биэрэллэр. Учууталлааһын миэхэ дуоһуйуу, үөрүү. Учуутал идэтин сөбүлээн талбыт киһиэхэ учуутал үлэтэ ыарахан буолбат.
Николаева П.Д.: Билиҥҥи кэмҥэ саха тылын үөрэтэр уустуктардаах. Уһуйаантан саҕалаан оҕолорбут нууччалыы тыллаах буолаллар. Ити барыта ютуб, интернет сабыдыала буолуон сөп. Онон туспа күчүмэҕэйдэрдээх. Ону ол диэбэккэ,саха тылын учууталлара, араас элбэх ньымалары туттан оҕо төрөөбүт тылын баһылыырыгар кыһаллабыт. Учууталлааһын диэн миэхэ олоҕум сүрүнэ. Саамай улахан ситиһиим – мин дьиэ кэргэним уонна бу талан ылбыт идэм буолар. Учуутал буолар олус ыарахан буолбатах. Учуутал идэтигэр баран үөрэниҥ диэн этиэм этэ. Учуутал буолар олус үчүгэй. Саамай сүнньэ диэн – учуутал оҕолору таптыахтаах.
Сокорутов А.В.: Быйыл үһүс сылбын учууталлыыбын. Улахан ыарахаттар суохтар эрээри, бу билиҥҥи кэмҥэ биир сүрүн кыһалҕабыт диэн оҕолор аахпаттара, бэриллибит сорудаҕы кэмигэр толорбокко матырыйаалы үөрэтэргэ оҕустарыылаах. Өбүгэ үгэстэриттэн тэйэн хаалар куттал баар. Оннука тиэрдибэт киһи диэн үлэлэһэбит. Мин отучча сыл атын эйгэҕэ сылдьыбытым, бу саҥа учууталлаан эрэбин. Оҕолору кытта алтыһарбыттан олус астынар эбиппин, өрөөн олордохпуна оскуолабын ахтабын.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, Өлүөхүмэ оройуонун үөрэҕириитин салалтатын начальнигын солбуйааччы Т.Н. Карташова санаатын үллэһиннэ: Күрэс үрдүк таһымнаахтык ааста. Учууталлар олус бэлэмнээхтэр. Олус интириэһинэй уруоктары көрдүм. Хаһыаты тутталларын бэлиэтиэхпин баҕардым, оскуолаҕа туһаналлар эбит. Учууталлар хоһоон суруйаллара, уруоктарга физкультминуткалары оҥороллоро барыта интириэһинэй, оҕолорго туһалаах.
Ити курдук, икки күн олус сэргэхтик, ону тэҥэ өрө күүрүүлээхтик ааста. Биир идэлээхтэр мустан, уопут атастаһан, бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрэн, атын дьонтон үөрэнэн, тутум үрдээн тарҕастылар.
Ханнык баҕарар нэһилиэккэ төрөөбүт сахабыт норутун тылын-өһүн, үгэһин өрө тутааччы, онно оҕолору эрэ буолбакка, бүтүн нэһилиэк олохтоохторун угуйааччы саха тылын учуутала буолар. Маны бэлиэтээн, күрэс кыттыылаахтарыгар бука-барыларыгар Бүтүн Россиятааҕы “Өбүгэ тыла” (“Язык предков”) фонда махтал суруктарын бу фонда Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи бэрэстэбиитэлэ Р.И. Уйгурова туттарда.
Күрэс түмүгүнэн анал ааттар бэрилиннилэр. Ол курдук “Бастыҥ уруок” кыайыылааҕынан Абаҕа орто оскуолатын учуутала А.П. Халыева, “Бастыҥ кылаас чааһа” кыайыылааҕынан Уолбут ситэтэ суох орто оскуолатын учуутала А.В. Сокорутов, “Бастыҥ маастар кылаас” кыайыылааҕынан Кыыллаах орто оскуолатын учуутала А.А. Банчина ааттаннылар. Күрэс муҥутуур кыайыылааҕын үрдүк аата Хоро орто оскуолатын учуутала П.Д. Николаеваҕа иҥэрилиннэ. Эһиилги үөрэх дьылыгар Полина Дмитриевна “Төрөөбүт тыл бастыҥ учуутала” күрэс Өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэҕэр Өлүөхүмэ оройуонун аатын көмүскүүрүгэр ситиһиилэри баҕарабыт.
Абаҕа орто оскуолатын медиа-киинэ:
Кэскил Егоров, Сааскылаана Уйгурова,
Леонид Захаров, Айхал Николаев,
Раиса Уйгурова.