Кыыллаахтар былыргыттан түмсүүлээхтэр

Кыыллаахтар былыргыттан түмсүүлээхтэр, уонна дойдуларын туһугар өрүү бииргэ буолаллар, ол иһин  бу  Арыы ырыаҕа ылланнаҕа, суон суораҕырдаҕа.

Бу, хаһан даҕаны, бу инньинэ буолбатах улахан халааҥҥа Кыыллаахтар сомоҕолостулар, ким туохтааҕынан бары бэйэ бйэлэригэр көмөлөһө олороллор. Ол курдук арыыга сүөһүлэрин өрөһүйэ хаалбыт дьонун хаалларбакка ким аһынан, ким уматыгынан, ким сүөһүнү, ким барбыт малы булан, тутан биллэрэн көмөлөсүһэ олороллор.  Бу нэһилиэккэ эр дьон түмсүүлэээхтэр, ону улуус салалтата, эдэр баһылык Александр Макаров өйүүрэ улахан суолталаах. Үгүс ыарахаттары көрсөн, ыарахан үлэҕэ мускуллубут, Кыыллаах уолаттара түмсэн элбэҕи оҥороллор. Кимиэхэ да үҥсэргээбэккэ, бэйэлэрин күүстэринэн барытын оҥоро сылдьаллар. Кыыллаах Арыы олохтоохторун «Сомоҕо  түмсүүтэ» бэҕэһээ самолетунан тонна кэриӊэ кѳмѳ биир дойдулаахтарыгар ыыттылар. Биир бэйэм, эппинэн билэр буолан, Кыыллааҕым дьонугар тулууру, дьулууру баҕарабын. Эһиги хорсун быһыыгыт бүтүн Дойдуга холобур буолар! Куһаҕан, ыарахан букатын кэлбэт, барыта этэҥҥэ буолуоҕа дьиэн эрэнэбин!

Мария Ларионова.

Читайте дальше