Килбиэннээх дьиэ кэргэн Оболкиннар

 Киһи бу күн сиригэр үктэниэҕиттэн, мэник-тэник оҕо сааһыгар оонньоон-кѳрүлээн, эдэр эрчимнээх сылларын тѳлѳ кѳтѳн ааһан, ийэ-аҕа диэн сылаас тылынан ыӊырыллан, үлэ үгэнир үлэлээн-хамсаан, чыпчылыйыах бэтэрээ ѳттүгэр эһээ-эбээ буола охсоро олус түргэн. Ол курдук, күн-дьыл элэӊнээн, Ѳлүѳхүмэ улууһун 1-Нѳѳрүктээйи нэһилиэгин олохтоохторо Галина Иннокентьевна уонна Владилен Ильич Оболкиннар дьылҕаларын килбик ыйыытынан ыал буолан, биэс уон сыл устата тапталларын кутаатын сылааһыгар угуттанан кыһыл кѳмүс урууларын мэктиэлиир кэрэ-бэлиэ күннэрэ тигинээн бу тиийэн кэллэ. Бу кэрэ-бэлиэ түгэни чиэстиир дьоро киэһэлэрэ «Дабайаан» норуот айар киинин киэҥ уораҕайыгар буолан ааста.

Ыал күн-күбэй ийэтэ Галина Иннокентьевна 1-Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Иннокентий Семенович Сольжиграсов уонна Евдокия Иннокентьевна Сукулова дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кини ойор-тэбэр оҕо сааһа Нөөрүктээйи нэһилиэгэр ааспыта.

Ыал амарах аҕата Владилен Ильич Бүрүк  нэһилиэгэр Илья Карпович уонна Любовь Филимоновна Оболкиннар дьиэ кэргэннэригэр төрдүс оҕонон бу сири айхаллаан көрсүбүтэ.

Кинилэр икки ардыларыгар истиҥ иэйии оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар дьоллоох кэмнэригэр үөскээбитэ.

Икки таптыыр сүрэхтэр истиҥ иэйиилэрин холбоон 1974 сыллаахха олунньу 2 күнүгэр кэргэннии буолар туоһу суруктарын туппуттара.

Оболкиннар алаһа дьиэлэрин араӊаччыта Галина Иннокентьевна өр сылларга «Тугутчаан» оҕо уһуйааныгар иитээччиннэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһинин туйгуна. Кини үлэтинэн уонна дьиэтинэн эрэ муӊурдаммакка, ону таһынан общественнай үлэни өрө тутан өр сылларга дьахтар сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ,  «Сыдьаайа» түмсүү көхтөөх кыттааччыта, «Сарыада» вокальнай бөлөх ырыаһыта. Сибэкки вазатын уонна чээй баанкаларын арааһын мунньуунан үлүһүйэр дьикти дьарыктаах. Библиотека иһинэн ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көтүппэккэ кыттар күүтүүлээх күндү киһибит. Кини олоххо көхтөөх, чөл куттаах буоларга нэһилиэк дьонугар холобур буолар.

Онтон дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, тумус туттар киһитэ Владилен Ильич тѳһѳ да сэттэ уон үһүс сааһыгар сырыттар эдэрчи көрүҥнээх, дьиэ ис-тас үлэтин толорор тутаах киһи. Кини бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри өр сылларга «Нөөрүктээйи» совхоз уйгулаах олоҕун уһансан, өр сылларга механизаторынан, кэлин кадровай булчутунан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Тимир көлөнү ыллаппат эрэ көмүс тарбахтаах уус бэрдэ.

Тыа ыалын сиэринэн уһаайбаларыгар сүөһү, сылгы иитэн, араас оҕуруот аһын үүннэрэн, сир аһын арааһын хомуйан, икки таптыыр сүрэхтэр биир тэҥҥэ тэбэн үйэ аӊаара сарын-санныларыттан ѳйѳнсѳн, 4 оҕону тѳрѳтѳн, атахтарыгар туруоран, 11 сиэн минньигэс мичээригэр угуттанан билигин Нѳѳрүктээйигэ бочуоттаах сынньалаӊӊа оҕолоругар, сиэннэригэр күүс-кѳмѳ, тирэх буолаллар, оҕолорун сылаас сыһыаннарыгар бигэнэн эйэ дэмнээхтик олороллор.

Галина Иннокентьевна уонна Владилен Ильич Оболкиннар дьиэ кэргэннэрин ааттарын ааттатар, суон сурахтарын сураҕырдар, олохторун туоһута буолбут оҕолоро, сиэннэрэ сирдээҕи суолларын булан билигин дойду араас муннуктарыгар олорор үлэһит үтүө дьон буолаллар. Маннык бигэ туруктаах дьиэ кэргэн уопсастыба бөҕө тирэҕинэн буоларын туоһулуур.

Бу күн кинилэргэ үйэ аҥаара олорбут дьоллоох олохторун туоһутун уонна Ил Дархантан «Килбиэннээх дьиэ-кэргэн» диэн бэлиэни, истиҥ ис-хоһоонноох суругу олохтоох дьаһалта үөрүүлээхтик туттарда. Оболкиннар дьоллоох дьоро түһүлгэлэригэр сылдьыбыт ыалдьыттар, аймах-билэ дьонноро уонна нэһилиэк тэрилтэлэрэ үгүс истиҥ тыллары эттилэр, алгыс бастыҥын анаатылар.

Биир дойдулаахтарбытыгар Галина Иннокентьевна уонна Владилен Ильич Оболкиннарга бу дьоро күннэринэн эҕэрдэлээн туран баҕарабыт кырдьары билиммэт эдэрдии эрчими, ыалдьары билиммэт үөрүү-көтүү аргыстаах уһун дьоллоох олоҕу!

 

О.И.Роева, библиотекарь

1-Нөөрүктээйи с.

 

 

Читайте дальше